1912 сыллаахха Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр Арбаҕастаахха
1 ступеннаах оскуола аһыллыбыта. Бу Куорамыкы оскуолатын кэнниттэн иккис оскуола этэ. Оскуоланы аһыыга Арбаҕастаахха өр
кэмҥнэ кинээстээбит, бэйэтин бириэмэтигэр сытыытынан-хотуутунан, куолуһутунан
биллибит Кириллин Адам Васильевич (Лабыргыыр Ачаам) улахан оруоллаах эбит. Кини
уһуннук туруорсубутун кэннэ, оскуоланы аһыыны быһаарыахтарын дьиэ суох буолан
биэрбит. Ону убайын, сэниэ киһи Филипп Кириллини, дьиэтин оскуолаҕа туран
биэрэригэр итэҕэппит. Онон оскуола аһыллан, бастакы сылыгар Бүлүү киһитэ
Кондаков Василий Михайлович учууталлаабыт. Иккис сылыгар Кириллин Адам
Васильевич улахан уолун Тихон Адамович Васильевы Баатамтан (Бодойбо диэки)
ыҥыттаран учууталлаппыт. 1915 сыллаахха
Васильев Тихон Адамович учууталлаабыт. Кини үөрэнэр баҕалаах оҕону кими баҕарар ылан үөрэтэрэ.
Оскуолаҕа пансион билиҥҥинэн интернат курдук астарбыт. Кини үөрэппит оҕолоруттан
эбэх оҕо үөрэхтээх дьон буолбуттара. Саха алфавита үөдүйүөн иннинэ бэйэтэ алфавит айан сахалыы букварь
оҥорон испит.
Тихон Адамович 1926 сыллаахха от ыйын бүтүүтэ ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Кини өлбүтүн кэннэ 1926 сыл күһүнүттэн
Быракаан оскуолатыгар Тихон Адамович
үөрэнээччитэ Петров Трофим Иустинович сэбиэдиссэйинэн ананан, Ольга Федоровналыын
(Тихон Адамович кэргэнэ) үлэлээбиттэрэ. Ол олорон 1927 с. оскуоланы Өргүөккэ аҕатын
дьиэтигэр көһөрбүт. Быракаан оскуолата көһөрүллүөр дылы 15 сыл үлэлээбит.
Быракаан оскуолатын 1997-98 с.үөрэх
дьылыгар урукку хотон подсовкатын
көтүрэн аҕалан саҥалыы оскуола
дьиэтэ гынан улэҕэ киллэрбиттэрэ. Бу оскуоланы баһылык Адамова Марина
Спиридоновна сүүрэн-көтөн олохтоохтор бэйэлэрин
күүстэринэн физзал дьиэҕэ холбуу туппуттара.
Быракаан сүрүн оскуолата атаҕар турарыгар
1991-92 үөрэх дьылыгар саҥа директорынан ананан кэлбит Павлов Юрий Дмитриевич
өҥөтө улахан. Валентина Николаевна, Юрий Дмитриевич Павловтар көҕүлээһиннэринэн оскуола валеологическай хайысханнан
үлэлээбитэ. Оскуола валеологическай хайысхалаах буолан оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарарга, чөл олоҕу
тутуһарга, бэйэ доруобуйатын сатаан көрүнэргэ кыра эрдэҕиттэн иитэр. Сайын аайы
эмтээх оттору хомуйаллар, араас оҕуруот астарын олордуунан дьарыктаналлар. Ол астарын кыһыҥҥыга хаһааналлар,
сорҕотун туттараллар. Күһүҥҥү практика кэмигэр
оскуола оҕолоро, учууталлар отоннуу тахсаллар. Үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри оҕо дьоҕурун сайыннарыыга
араас куруһуоктар үлэлииллэрэ. Иннэ
гынан сайын оҕолор оҕуруот аһын арааһын олордон , эмтээх оттору хомуйан, кыһын
итии аһылыктарын хааччыйан оҕо тумуулуура
лаппа аҕыйаабыта, онон төрөппүттэр
махталлара улахан.
|